️Сөмөлүөккэ бэрээдэги кэһии чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ
Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно «Иркутскай-Дьокуускай» рейскэ сөмөлүөккэ биир киһи уопсастыбаннай бэрээдэги кэспитин туһунан этиллибит.
Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ үлэһиттэрэ суһаллык сөмөлүөккэ кэлбиттэр. 46 саастаах Саха сирин олохтооҕо тутуллан полиция дьуһуурунай чааһыгар тиэрдиллибит.
Бэрээдэги араҥаччылааччылар быһаарбыттарынан, бу киһи сөмөлүөккэ арыгы иһэн баран айаннаабыт, уопсастыбаннай бэрээдэги кэспит, бортпроводниктартан арыгы көрдөөбүт, аттыгар олорор пассажиры сүгүннээбэтэх, суоһурҕаммыт, онтон төбөҕө охсубут.
Экипаж чилиэннэрэ уоскута сатаабыттарын, наадыйбатах даҕаны.
Ол түмүгэр РФ ХК 213 ыст. 2 ч. холуобунай дьыала тэриллибит. Силиэстийэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: