1 №-дээх оптуобус маршрутугар ЯПАК оптуобустара таҕыстылар

1 №-дээх оптуобус маршрутугар ЯПАК оптуобустара таҕыстылар

01.02.2024, 10:53
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Олунньу 1 күнүттэн Дьокуускай куоракка 1 №-дээх оптуобус маршрутугар ЯПАК оптуобустара таҕыстылар.

Бу 90 киһиэхэ тиийэ дьону олордор көлөлөрү 2022 сыллаахха лизининэн ылбыттара. Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн, 1 №-дээх оптуобус иккис муниципальнай оптуобуһунан буолуоҕа. Бу маршрукка бастаан аҕыс оптуобус сылдьыаҕа. Сырыы икки арда 15 мүнүүтэ буолуоҕа.

Олунньу ортотуттан оптуобус ахсаанын уоҥҥа тиэрдэри былаанныыллар. Билиҥҥи туругунан оптуобуска суоппардар тиийбэттэр. Хас да суоппар «Д» категорияҕа ЯПАК-ка стажировкаланар. Ол курдук, оптуобустар Речпорт оройуонуттан Воинскай уулуссаҕа диэри сылдьыахтара.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: