1-кы Күүлэккэ саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ

Share

Бүлүү улууһугар командировкаҕа сылдьар кэммэр үөрэхтээһиҥҥэ уонна култуураҕа олус улахан болҕомто уурулларын анаан бэлиэтии көрдүм.

Ол курдук, ханнык да нэһилиэккэ тиий — саҥа оскуола, оҕо уһуйаана. Быйыл күһүн «Тыа сирин сайыннарыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама  чэрчитинэн, 1-кы Күүлэт нэһилиэгэр икки мэндиэмэннээх саҥа оскуола үлэҕэ киирээри турар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ манна үлэ күөстүү оргуйа турарыгар түбэстибит.

Оскуола дириэктэрэ Сардаана Томскаяны көрсөн, оскуола тутуутун туһунан кэпсэттибит.

Пиэрибэй Күүлэккэ бастакы оскуола 1935 сыллаахха тутуллубут. 150 оҕоҕо анаан тутуллар 21-с үйэ саҥа таас оскуолатыгар 150 оҕо үөрэниэҕэ.  Сэбиэскэй кэмтэн ыла бу оройуоҥҥа саамай элбэх оҕолоох оскуоланан аатырар эбит. Билигин тыа сирин оскуолаларыгар оҕо ахсаана олох аҕыйаабыт кэмигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Прокопий Павлов аатынан орто оскуола 120 оҕо үөрэнэрэ — бастыҥ холобур кэриэтэ. Ол аата нэһилиэк — сарсыҥҥылаах.

Оскуола кэлэктиибэ — оҕолор да, учууталлар да олох  абыраныыһылар. Оскуола киэҥэ-куоҥа, киһи мунар оскуолата. Аны манна сахалыы тыыннаах киэргэтии-дизайнын эбэн кэбис!

Ити курдук, быйыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1-кы Күүлэт нэһилиэгэр маннык улахан оскуола үөрэнээччилэргэ аанын тэлэччи аһыаҕа.

Оскуола дириэктэрэ Сардаана Томская бэлиэтиирин курдук: «Кыһыл лиэнтэни кырыйыыны долгуйа кэтэһии…»

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago