1-Нөөрүктээйигэ СВО дьиэтэ үлэлиир

Share

Байыаннай дьайыы ньиргиэрэ ой дуораана буолан киэҥ нэлэмэн Арассыыйа хас биирдии муннугар, сэрии толоонугар сылдьар байыастар төрөппүттэрин, кэргэттэрин сүрэҕэр эрэ буолбакка, хас биирдии олохтооххо тиийэ иһиллэр. Дьон ким, туох кыахтааҕынан байыастарга көмөлөһөр. Ол үтүө холобурунан – Өлүөхүмэ улууһун 1-Нөөрүктээйи дьахталларын үлэтэ.

Нэһилиэк дьаһалтата сылаас, дьоҕус кыра хос көрбүтэ. СВО дьиэтигэр, көмө кулууп ити курдук ааттаах, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Ж.М.Григорьева салалтатынан, дьахталлар маскировочнай сиэккэлэри өрөллөр, ордук кыһыҥҥы кэмҥэ туһалаах атах таҥаһын — угунньалары тигэллэр.

Жанна Михайловна кэпсээбитинэн, таҥас матырыйаалын бэйэлэрэ булаллар. Биллэн турар, аһыныгас сүрэхтээх олохтоохтор көмөлөһөллөр: ким таҥаһынан, ким сылгы сиэлинэн. Мантан сииги киллэрбэт, өр сылааһы тутар, массажтыыр туһалаах угунньана тигэн таһаарар буоланнар, бу ордук суолталаах. Бу саха былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт оҥоһуга, тигии ньымата көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр.

Араас саастаах уонтан тахса дьахтар СВО дьиэтигэр бириэмэлэрин аттарынан сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кэлэн көмөлөһөллөр. Сыыйа бэйэтин кылаатын киллэрсиэн баҕалаах ахсаана өссө эбиллэн иһэригэр Жанна Михайловна эрэллээх.

Татьяна Филиппова. Газета Олекма саайтан.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

8 часов ago