10 суоппар итирик туруктаах массыына ыытан тутулунна
СӨ ИДьМ ГИБДД управлениетын суолга сэрэхтээх буолууну пропагандалыыр отделение начаалынньыга полиция подполковнига Елена Владимировна Гуляева иһитиннэрэр:
— Бу өрөбүллэргэ ГАИ күүскэ үлэлиир. Суол быраабылаларын кэһиини кэтиир рейдэлиир тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол иһигэр итирик туруктаах уруулга олорууну, оҕону кириэһилэтэ суох таһыыны бэрэбиэркэлээтилэр.
ГИБДД үлэһиттэрэ Дьокуускай төрөөбүт күнүн бырааһынньыгын, куоластааһын кэмигэр бэрээдэги көрдүлэр.
Ол курдук, бу күннэргэ үс суол быһылаана таҕыста, манна биэс киһи эчэйдэ, суорума суолламмыт суох. Нерюнгрига суол быһылааныгар 12 саастаах оҕо эчэйиини ыла. Дьокуускайга 10 суоппар итирик туруктаах уруулга олорбута билиннэ, онтон икки киһи иккистээн маннык туруктаах тутулунна. Аны 8 киһи суоппар бырааба суох массыына ыытан, эмиэ сокуону кэһии таҕыста.
Рейдэлиир тэрээһиннэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи суолларга эмиэ ыытыллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: