Салгыы
10-тан элбэх оҕолоох ыаллар социальнай хантараагынан тырааныспар ылыахтарын сөп

10-тан элбэх оҕолоох ыаллар социальнай хантараагынан тырааныспар ылыахтарын сөп

02.04.2024, 14:51
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Уонтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр социальнай хантарааак көмөтүнэн тырааныспар ылар кыахтаахтар. Кулун тутар 28 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар бу туһунан уураах ылыммыттара.

Бу уураах чэрчитинэн, 10 уонна онтон элбэх оҕолоох (сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар, ону тэҥэ, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри) дьиэ кэргэттэргэ социальнай көмөнү оҥорор туһунан 2012 сыллаах уураахха уларытыылары киллэрдилэр.

Бу саҥа уларытыы быһыытынан, 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, эбэтэр, иитиэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ харчынан төлөбүрү 10 сыл буолан баран, иккистээн биэриэххэ сөп буолла. 

Ол эбэтэр, урут судаарыстыбаттан көмө ылбыт да буоллахтарына, 10 сыл буолан баран, социальнай хантараак чэрчитинэн тырааныспар ылыахтарын сөп. Бу 10 оҕолоох уонна тулаайах, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр ыалларга дьоһун көмө буолар диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бу курдук элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыбаннай көмө кэҥээн, эбиллэн иһэр.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: