Хаартыска: СИА.
Уонтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр социальнай хантарааак көмөтүнэн тырааныспар ылар кыахтаахтар. Кулун тутар 28 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар бу туһунан уураах ылыммыттара.
Бу уураах чэрчитинэн, 10 уонна онтон элбэх оҕолоох (сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар, ону тэҥэ, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри) дьиэ кэргэттэргэ социальнай көмөнү оҥорор туһунан 2012 сыллаах уураахха уларытыылары киллэрдилэр.
Бу саҥа уларытыы быһыытынан, 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, эбэтэр, иитиэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ харчынан төлөбүрү 10 сыл буолан баран, иккистээн биэриэххэ сөп буолла.
Ол эбэтэр, урут судаарыстыбаттан көмө ылбыт да буоллахтарына, 10 сыл буолан баран, социальнай хантараак чэрчитинэн тырааныспар ылыахтарын сөп. Бу 10 оҕолоох уонна тулаайах, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр ыалларга дьоһун көмө буолар диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бу курдук элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыбаннай көмө кэҥээн, эбиллэн иһэр.
Саха сиринээҕи Саахал мэдиссиинэтин киинин үлэһиттэрэ «Путь воина» күрэхтэһиигэ көмөнү оҥорорго бэлэмнэр. Саахал мэдиссиинэтин киинин…
Арассыыйаҕа 2026 сылтан биэнсийэни индексациялааһын икки түһүмэҕинэн барар буолуоҕа. Бу туһунан Социальнай пуонда бэрэссэдээтэлэ Сергей…
Бэҕэһээ «Путь воина» күрэхтэһии бастакы түһүмэҕэр Саха сирин «Боотур» хамаандата уонна Хабаровскай «Амурские воины» хамаанданы…
Бүгүн Дьокуускайга Курашов уулуссатыгар баһаар буолла, дьон эмсэҕэлээбэтэ диэн СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. "Баһаарга…
Дьокуускайга бэрэбиэркэ кэнниттэн "Күнтэгил" чааһынай уһуйаан иитээччитин үлэтиттэн уураттылар. Бу сайын уһуйаантан түөрт оҕо куоппута.…
Бэҕэһээ «Путь воина» күрэхтэһиигэ Саха сирин «Боотур» хамаандата уонна Хабаровскай «Амурские воины» хамаанда кииристэ. Бу…