10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста.
Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн оҕо бырааһа Александра Уарова иһитиннэрдэ. Үрдүк кутталлаах бөлөххө киирэр 252 оҕо анаалыһа Москватааҕы мэдиссиинэ генетическэй билимин киинигэр ыытыллыбытыттан, 248-һа үчүгэй түмүктээх төннүбүт.
“Кэҥэтиллибит неонатальнай скрининг генетическэй өттүнэн быһаарыллыбыт ыарыылары эрдэттэн буларга көмөлөһөр. Бу үлэ көмөтүнэн быраастар оҕо төрөөбүтэ онус күнүттэн эбэтэр өссө эрдэттэн эмтииллэрин саҕалыахтарын сөп. Бу көдьүүстээх эмтээһин эрэ буолбатах, оҕо инбэлиит буолуутун сэрэтиигэ эмиэ көмөлөһөр», — диэн бэлиэтээтэ СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.
Санаттахха, бу бэрэбиэркэ Саха сиригэр 2023 с. саҕаламмыта. Саҥа төрөөбүт оҕолору 36 нэһилиэстибэнэн бэриллэр уонна төрүөхтэн кэлсибит ыарыыга бэрэбиэркэлииллэр. Урут 5 эрэ ыарыыга чинчийиилэр ыытыллаллара, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: