10 тыһыынча дьиэ социальнай гаастааһынынан гаас ситимигэр холбонуохтара

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр «Сахатранснефтегаз» тэрилтэҕэ кэлэр 2025  сылга бэрэсидьиэн бырагырааматын нөҥүө гаас ситимигэр холбонуу чыыһылатын 10 тыһыынчаҕа тиэрдэргэ сорудахтаата.

Социальнай гаастааһын бырагыраамата РФ Бырабыыталыстыбатынан 2021 cыллаахха дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан олоххо киллэриллибитэ. Уһук Илиҥҥэ Саха сирэ бу бырагырааманы толорууга инники күөҥҥэ сылдьар. Ол курдук, 2021 сылтан 8,5 тыһыынча дьиэ күөх төлөҥҥө холбоммута. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтииринэн, гаас ситимин тутуу бу сылга Чурапчы улууһун I Харбала, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй нэһилиэктэригэр түмүктэммитэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Лоомтука нэһилиэгэр гаас ситимэ киирбитэ, Дьокуускайга алта түөлбэҕэ гаас ситимнэрэ тутуллубуттара. Бу ситимнэр тыһыынчаттан тахса уһаайбаны гаас ситиминэн хааччыйыахтара.

Ил Дархан Айсен Николаев  сорудаҕынан,  чэпчэтиинэн туһанар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн көрүллэр субсидия сууммата 202 тыһ.солкуобайга диэри үрдээбитэ. 70-тан тахса байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ туһаммыттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньургун Гуляев: “Чэпчэтиилээх кирэдьииттэр үлэлиэхтээхтэр”

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бүгүҥҥү Анал этиитинэн Нам улууһун “Эрэл” кэпэрэтиип дириэктэрэ Ньургун…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Петр Петров: «Кыһалҕа чугастан быһаарыллара ордук”

Бүгүн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитин тыа дьоно үлэ-хамнас…

22 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Кыһыл искэҕи хайдах сөпкө талан ылабыт?

Саҥа дьылга кыһыл искэх остуол ахсын ууруллар. Искэҕи оҥорууга ханнык Е аһылык эбиликтэрэ көҥүллэнэллэрин, ханнык…

37 минут ago
  • Тыа хаһаайыстыбата

Артем Александров: «Өйөбүл саҥа миэрэлэрэ оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн улаатыннарыаҕа»»

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров этэринэн, өйөбүл саҥа миэрэлэрэ тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьайыахтара.…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Ил Дархан ийэ тыл боппуруоһугар болҕомтону туһаайда

“Бүгүҥҥү күҥҥэ сахалыы саҥарбат оҕо элбээн иһэрэ кистэл буолбатах. Бу урукку курдук Дьокуускай куорат эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Дьулустаан Ноговицын 2025 с. «Дыгын оонньууларыгар» кыттыаҕа

"Дыгын оонньууларын" 2024 сыллааҕы чөмпүйүөнэ Дьулустаан Ноговицын кэлэр сылга кыттарын туһунан иһитиннэрдэ диэн СИА суруйар.…

1 час ago