10 улуус Олоҥхо дьиэтэ Сөбүлэҥҥэ илии баттаста

Share

Бүгүн «Мин Арассыыйам — мин устуоруйам» историческай пааркаҕа Олоҥхо күнүгэр аналлаах өргөйдөөх  тэрээһин буолла.
Олоҥхо дьиэлэрин үлэлиир уонна сайдар тосхоллорун биир кэлим ситимин тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ 10 улууһа Сөбүлэҥ түһэристэ.

— Түмсүүлээх буолуубут улуустарга Олоҥхо дьиэлэрэ хайдах үлэлииллэриттэн быһаччы тутулуктаах. Кинилэр ыытар, тэрийэр үлэлэрэ Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕар эппиэттиир буолуохтаах. Эһиилгиттэн саҕалаан үлэлэрин ис хоһооно анал  ирдэбилгэ сөп түбэспит Олоҥхо дьиэлэригэр  көрүллүбүт 50 мөлүйүөн солкуобайы аттаран, өйөбүл оҥоруохпут. Хас биирдии оннук улууһу кытта дуогабар түһэрсиэхпит, — диэн бэлиэтээтэ култуура уонна духуобунас миниистирэ Юрий Куприянов.

Хас биирдии илии баттаспыт улуус баһылыга уонна бэрэстэбиитэлэ Олоҥхо дьиэлэрин үлэлэригэр ураты болҕомтону ууруох буолан мэктиэлээтилэр.

Салгыы туох үлэ барыаҕай, ханнык тосхоллор торумнаныахтарай?  Бу туһунан СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов санаатын үллэстибит видеотын көрүҥ.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ уонна видеоҕа устуута. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago