«100 мест, где поесть» ыытааччыта Александр Белькович Дьокуускайга кэллэ!
Тыйаатыр биэсэлкэттэн саҕаланар. Онтон бүгүн Дьокуускай аэропуортан саҕаланна.
Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, СТС travel-шоу «100 мест, где поесть» ыытааччыта Александр Белькович Дьокуускайга көтөн кэллэ. Кинини онно устар бөлөх көрүстэ.
Телебырайыак ааптардара Арассыыйа устун айанныыллар. Ураты тэрилтэлэри талан ылаллар. Шоу куукуна эрэ туһунан буолбатах. Манна сир-дойду уратытын, кэрэхсэбиллээх кэрэ миэстэлэрин туһунан эмиэ сырдаталлар. Үһүс сезоҥҥа саха норуотун ураты минньигэс, иҥэмтиэлээх, сибиэһэй аһын-үөлүн уонна Дьокуускай саамай интэриэһинэй тэрилтэлэрин кэпсиэхтэрэ, көрдөрүөхтэрэ.
Сюжет быһыытынан ыытааччы терминалтан тахсаат аан дойду саамай тымныы куоратыгар кэлбитин сөҕөн-махтайан кэпсиир. Итиэннэ манна тымныыны аахсыбакка минньигэс да минньигэс «мартышканы», киһи эрэ барыта биһириир аатырбыт индигиркатын сиэххэ сөп диэн сырдатар.
Бу бэрт кылгас кэм иһигэр, киһи сөҕүөх, бүгүн төлөпүөннэрэ да тоҥно, бэйэлэрэ да тоҥнулар, оннооҕор сирэйдэрэ кырыарбыт үһү. Биһиги ыалдьыттарга туһаайан, Дьокуускай эһигини үөрэ-көтө көрсөр диэн эҕэрдэлиибит.
«Аэропорт Якутск» ТГ-ханаалыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: