«100 мест, где поесть» ыытааччыта Александр Белькович Дьокуускайга кэллэ!

Share

Тыйаатыр биэсэлкэттэн саҕаланар. Онтон бүгүн Дьокуускай аэропуортан саҕаланна.

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, СТС  travel-шоу «100 мест, где поесть» ыытааччыта Александр Белькович Дьокуускайга көтөн кэллэ. Кинини онно устар бөлөх көрүстэ.

"Аэропорт Якутск" ТГ-ханаалыттан

Телебырайыак ааптардара Арассыыйа устун айанныыллар. Ураты тэрилтэлэри талан ылаллар. Шоу куукуна эрэ туһунан буолбатах. Манна сир-дойду уратытын, кэрэхсэбиллээх  кэрэ миэстэлэрин туһунан эмиэ сырдаталлар. Үһүс сезоҥҥа саха норуотун ураты минньигэс, иҥэмтиэлээх, сибиэһэй аһын-үөлүн уонна Дьокуускай саамай интэриэһинэй тэрилтэлэрин кэпсиэхтэрэ, көрдөрүөхтэрэ.

Сюжет быһыытынан ыытааччы терминалтан тахсаат аан дойду саамай тымныы куоратыгар кэлбитин сөҕөн-махтайан кэпсиир. Итиэннэ манна тымныыны аахсыбакка минньигэс да минньигэс «мартышканы», киһи эрэ барыта биһириир аатырбыт индигиркатын сиэххэ сөп диэн сырдатар.

Бу бэрт кылгас кэм иһигэр, киһи сөҕүөх, бүгүн төлөпүөннэрэ да тоҥно, бэйэлэрэ да тоҥнулар, оннооҕор сирэйдэрэ кырыарбыт үһү. Биһиги  ыалдьыттарга туһаайан, Дьокуускай эһигини үөрэ-көтө көрсөр диэн эҕэрдэлиибит.

«Аэропорт Якутск» ТГ-ханаалыттан

What’s your Reaction?
+1
11
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мохсоҕоллоох оскуолатыгар 450 миэстэлээх эбии дьиэтэ арыллара былааннанар

Кэлэр нэдиэлэҕэ Мохсоҕоллоох орто оскуолатыгар 450 миэстэлээх эбии дьиэтэ тутуллан арыллара былааннанар. Тутуу бастакы сыбаайата…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ баан счетуттан харчы уоруутун дьыалата арылынна

Саха сиринээҕи ИДЬМ сулууспатын Мииринэй оройуонун отделыгар Мииринэй куорат олохтооҕуттан баан каартатыттан 19 000 солк.…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Бу сылга РСФСР уонна САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Иван Спиридонович Семенов…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сунтаар улууһугар ойбонтон урут сүппүт киһи өлүгэ булулунна

Сунтаар улууһугар  тохсунньу саҥатыгар сүппүт киһи өлүгэ көһүннэ. Эр киһи өлүгүн уу аннынан устар камеранан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. «Уот Дьулустаан» уус-уран саҥа сериалы көрүөхпүт

«Саха» НКИХ ханаалыгар бу сыл тохсунньу 27 күнүттэн Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын артыыстара кыттыылаах…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Дьокуускайга «Поднимаем России знамя» фашизмы утарар пуорум буолан ааста

Бэҕэһээ Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков уола уонна сиэнэ,…

11 часов ago