«100 сыл оҕолоро» хапытаал 105 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ
2023 сыл бастакы күнүгэр Дьокуускайдааҕы Перинатальнай кииҥҥэ 12 оҕо: 7 кыыс, 5 уол төрөөбүтэ. Тохсунньу 5 күнүгэр кинилэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаарбыттара. Элбэх сылаас тыллар этиллибиттэрэ, кырачааннарга бэлэхтэри, «100 сыл оҕолоро» хапытаал сэртипикээтин, ийэлэргэ сибэкки дьөрбөтүн туттарбыттара.
Ааспыт Ийэ сылын тэрээһиннэрэ быйылгы Үлэ сылыгар эмиэ салҕаныахтара. Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, “100 сыл оҕолоро” хапытаал кэлэр 5 сыл устата төлөнүөҕэ. 2023 сылга хапытаал индексацияланан, суумата 105 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Ону тэҥэ, Дьоруой ийэлэри, “Ийэ Албан аата”, “Ийэҕэ үрдүкү махтал” бэлиэлээх ийэлэри эбии өйүөхтэрэ. Кинилэргэ тута “Үлэ бэтэрээнэ” аат иҥэриллиэҕэ. Кыра дохуоттаах ыаллар, эбэтэр үлэтэ суох дьон социальнай хантараак көмөтүнэн туһаныахтарын сөп. 2023 сылга социальнай хантараак бырагырааматыгар 1 миллиард солкуобай көрүлүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: