«100 сыл оҕолоро» хапытаал биэс сылга уһаата

«100 сыл оҕолоро» хапытаал биэс сылга уһаата

19.12.2022, 13:57
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт бэһис Анал этиитигэр Ийэ сылын түмүктэрин таһаарда, ону тэҥэ, кэлэр сылга ийэ буолууну, дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэри салгыыр туһунан кэпсээтэ.

Ийэ сыла өссө түмүктэнэ илик эрээри, бу кэмҥэ диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 11 549 оҕо төрөөбүт. Кинилэр бары “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ылаллар. Ил Дархан бу хапытаал өссө 5 сылга уһуурун туһунан иһитиннэрдэ. Бу этиини дьокутааттар, уопсастыбанньыктар ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Ийэ буолуу, оҕону иитии – үрдүк чиэс уонна сыралаах үлэ, бу хорсун быһыыга сыанабыл, ытыктабыл быһыытынан, “Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэни ылбыт ийэлэргэ 100 тыһыынча солкуобайы биэрэр туһунан эттэ. Ону тэҥэ, маннык бэлиэлээх ийэлэр “Үлэ бэтэрээнэ” аатын тэҥинэн ылаллар.

Оттон “Дьоруой ийэ”, “Ийэ Албан аата” 1,2,3 истиэпэннээх мэтээли ылбыт дьахталлар, Арктика оройуоннарыгар олорор уонна 4-тэн элбэх оҕолоох ийэлэр “Үлэ бэтэрээнэ” ааты ылар ирдэбилгэ ыстаастара 20-тэн 10 сылга диэри көҕүрүүр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: