100-тэн тахса психолог түмүстэ
Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла турар. Пуорумҥа араас улуустартан 100-тэн тахса исписэлиис кэлэн кытынна.
Пуорум биир сүрүн тэрээһининэн «О вопросах межведомственного взаимодействия по вопросам охраны психологического здоровья населения Республики Саха (Якутия)» диэн «төгүрүк остуол» буолбута. Манна үөрэҕирии, мэдиссиинэ, социальнай эйгэ, быраабы харыстааһын хайысхаларыгар үлэлиир психологтар тэрилтэлэр, биэдэмэстибэлэр икки ардыларыгар алтыһыыны күүһүрдүү, каадырдарынан хааччыллыы, о.д.а. боппуруостары ырытыспыттара, уопуттарын үллэстибиттэрэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин «Качественная психологическая поддержка» диэн дакылааты аахпыта.
— Маннык түмсэн, уопут атастаһар мэлдьи көдьүүстээх. «Төгүрүк остуол» кыттааччылара биһиги үлэбитигэр олус наадалаах, суолталаах боппуруостары көтөхтүлэр. Сылы быһа үлэлииргэ, тирээн турар соруктары, кыһалҕалары быһаарарга күүс-уох ыллыбыт. Пуорум хаһыс да сылын исписэлиистэри түмэрэ олус үчүгэй, сайдарга, хаачыстыбалаах түмүгү ыларга көмө буолар, — диэн кини эттэ.
Бу кэнниттэн үөрэтэр сэминээрдэр, уопуту атастаһыы буоллулар. Киин психологтара анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр үлэ уопутун үллэһиннилэр.
Иккис күҥҥэ пленарнай мунньах буолла. Модераторынан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина үлэлээтэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: