1000 киһи Эрмитаж быыстапкатыгар сырытта
Бу күннэргэ СӨ Национальнай художественнай түмэлин 95 сылыгар анаан Дьокуускайга аан бастаан Санкт-Петербургдааҕы Судаарыстыбаннай Эрмитаж күннэрэ ыытылла тураллар.
“Часы и эпоха” диэн быыстапка алтынньы 25 күнүттэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри художественнай түмэл дьиэтигэр буола турар.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 18-с үйэтээҕи чаһыны уонна хартыыналары, ускуустуба айымньыларын көрдөрүүнү 1000-тан тахса киһи көрдө. Быыстапка Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн ыытыллар. Бырайыак РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022 сыллаахха сэтинньигэ бигэргэппит үгэс буолбут духуобунас, сиэр-туом сыаннастарын харыстааһыҥҥа туһуламмыт судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүөтүгэр олоҕурар.
Сүрүн эспэнээт сир глобуһун курдук оҥоһуулаах күн чаһытын маастара — Исаак Брукнер. Көрөөччүлэр виртуальнай киинэ тыйаатырын сэргээтилэр. Манна vr-шлемы, анал ачыкылары кэтэн баран, артыыс Константин Хабенскай Эрмитаж саалаларынан сирдии сылдьан, умсугутуулаахтык кэпсиирин истэн, Эрмитаж устун хаама сылдьар курдук сананнылар.
Түмэл өрөбүл күннэргэ 10.00 чаастан 20.00 чааска диэри Киров уул. 9 кэлэн быыстапкаҕа сылдьаргытыгар ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: