1000-лаах харчы саҥа ойуутун талыахха сөп

1000-лаах харчы саҥа ойуутун талыахха сөп

11.12.2024, 11:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

1000 суумалаах кумааҕы харчы ойуутун таларга ким баҕарар куоластыан сөп. Онлайн-куоластааһын бүтэрэ биир эрэ күн хаалла. Куоластааһын ахсынньы 12 күнүгэр күнүс 12 чааска (Москва бириэмэтинэн) түмүктэнэр. 

Хаартыска: Арассыыйа Баана.

1000 суумалаах кумааҕы харчы ойуута Приволжскай федеральнай уокурукка ананар. Приволжье эрэгийиэннэрин 25 эбийиэгиттэн талан, куоластыахха сөп. Манна пааматынньыктар, бэлиэ сирдэр, устуоруйаҕа киирбит уонна аныгы тутуулар, култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрэ киирбиттэр.

Куоластааһыны саҕалыыр туһунан этии «Арассыыйа» Национальнай киин былаһааккатыгар Арассыыйа Баанын кумааҕы харчыга Консультативнай сэбиэтин аһаҕас мунньаҕар этиллибитэ.

Ханнык эбийиэги киллэрэр туһунан испииһэги Консультативнай сэбиэт эспиэрдэрэ оҥорбуттара. Биир киһи биир эрэ эбийиэги талыан сөп. Саамай элбэх куолаһы ылбыт эбийиэги худуоһунньуктар уруһуйдуохтара. Онон эһиил 1000 суумалаах харчы саҥа ойуулаах бэчээттэнэн тахсыаҕа.

Арассыыйа Баанын саайтыгар киирэн, куоластыахха сөп:  https://cbr.ru/cash_circulation/simvoly-dlya-banknot/.

«Арассыыйа» национальнай киин бэрэсидьиэн ыйааҕынан тэриллибитэ. «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум нэһилиэстибэтин харыстаан хаалларар , дойу ситиһиилэрин дьоҥҥо көрдөрөр сыаллаах.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: