Киин куоракка оҕону түҥнэри көттүлэр
Бэҕэһээ, олунньу 16 күнүгэр, киэһэ 20 чаас саҕана ГИБДД дьуһуурунайыгар киһини түҥнэри көппүттэрин туһунан иһитиннэрии киирдэ. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Киин куорат Курашов уулусса 29 №-дээх дьиэтин таһыгар «Тойота- Корола Филдер» массыына 1984 с.т. суоппара Орджоникидзе уулуссаттан Поярков уулуссаҕа киирэн иһэн 2006 с.т. оҕону түҥнэри көппүт.
Суһал мэдиссиинэ көмөтүн биригээдэтэ сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону балыыһаҕа аҕалан, төбөтө доргуйбутун, сыҥааҕын өлөрбүтүн бэлиэтээтилэр.
Суолу туоруурга киһи түҥнэри көтүү тахсар быһылаана биир сүрүн көрүҥүнэн хаалар, ону ааһан маннык быһылааннар сүрүнэ – суол быраабылатын кэһииттэн тахсар.
Суол саахала тахсарын төрүөтэ элбэх эрээри, суол туоруурга киһи болҕомтото суох буолуутуттан тахсар. Дьон үксүн суотабайынан кэпсэтэллэр эбэтэр социальнай ситимнэр лиэнтэлэрин көрөллөр, оттон наушниктары туһаныы үгэскэ кубулуйда. Хомойуох иһин, итинник дьайыылар хайдах содулларга тириэрдиэн сөбүн ким да санаабат.
ГИБДД хас биирдии киһини суол быраабылатын тутуһарыгар уонна бэйэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйарга уоту тэйитэр таҥастары туһанарыгар ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: