«Ипомея» сибэкки олордооччуга ботуччу ыстараап көрүллэр
РФ Бырабыыталыстыбатын олунньу 7 күнүнээҕи 135 №-дээх уурааҕынан наркотиктаах эбэтэр сүһүрдэр (психотропнай) эттиктээх үүнээйилэр испииһэктэригэр уларытыылары киллэрдилэр.
Бу испииһэккэ «гавайи розатын», «турбина щитковиднай» уонна атын экзотическай үүнээйилэри сэргэ үс өҥнөөх «ипомея» (ииччигэн от көрүҥэ) сибэкки (Ipomoea tricolor) эмиэ киирдэ.
Быһааран эттэхэ, «ипомея» сибэкки сиэмэтигэр галлюциногеннай уонна наркотиктаах эттиктэр бааллар. Билигин сокуон ирдэбилинэн ити сибэккини оҕуруокка олордубутун уонна үүннэрбитин иһин аҕыс сылга диэри көҥүлүн быһыллыан сөп. Ол курдук, сибэкки сөбүлээччилэр эбэтэр оҕуруоччуттар тэлгэһэ иһигэр 10-тан тахса «ипомея» сибэкки үүннэрдэхтэринэ, РФ Холбуонай Кодексатын 1 ч. 231-с. ыстатыйатынан 300 тыһыынча солкуобайга диэри суумаҕа ыстарааптаналлар эбэтэр икки сылга диэри көҥүллэрэ быһыллар. Оттон сүүстэн тахса сибэкки үүннэрдэхтэринэ, көҥүллэрэ аҕыс сылга диэри быһыллар.
Билиҥҥи чахчыларынан айылҕаҕа 788 араас көрүҥ «ипомея» сибэкки баар. Мантан оҕуруоччуттар түөрт көрүҥүн сөбүлээн олордоллор, ол иһигэр үс өҥнөөх «ипомеяны».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: