102 саастаах Эбээ Ылдьаана алгыһын анаата
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин «Почетный старейшина РС(Я)» бэлиэ, «Үйэ саас» уһун үйэлэнии бочуоттаах бэлиэтин, «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ, «Ийэ Албан аата» уордьан 1 истиэпэннээх кавалера, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Пермякова Ульяна Егоровна 11 оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннарбыта.
Билигин 102 сааһыгар Алгыстаах тэлгэһэтигэр, төрөөбүт-үөскээбит дьиэлэригэр оҕолоругар, күтүөттэригэр-кийииттэригэр, сиэттэригэр, хос-хос сиэттэригэр алгыһын анаабыт дьоро күнүгэр барыларын мунньан, Аймахтар түмсүүлэрин тэрийдэ. Кинилэргэ Эбээ Ылдьаана алгыһын анаата.
— Төрөппүттэрбит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо Ульяна Егоровна уонна Владимир Николаевич Пермяковтар олох араас ыарахаттарын тулуйан кэлбиттэрэ, күүстээх санаалаах буолан олоххо тардыһыылара, олорбут дьоһун олохторо биһиэхэ, оҕолоругар, үтүө холобур буолар.
Кыргыттара төрөппүттэригэр, Күн күбэй ийэлэригэр анаан таһаарбыт «Киэн туттар күндү дьоммут» диэн кинигэни Ылдьаана эбээлэрэ бу дьоро күн сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэлэхтээтэ.
Төрдү-ууһу билии, үөрэтии суолтата улахан. Хас биирдии киһи кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын үөрэтиэхтээх, билиэхтээх. Кинилэр төрүттэрэ, эбээлэрэ, эһээлэрэ хайдах-туох олоҕу олорбуттарын, кэнэҕэски ыччакка тиэрдэр курдук билиэхтээх диэн 5 көлүөнэ оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ мустан, сахалыы сэмэйдик, дьиэ кэргэннии истиҥник, кэрэ кэпсээн кэһиилээх, үөрүү-көтүү үктэллээх мустан арчыланныбыт, — диэн оҕолоро кэпсииллэр.
Чахчыта да, модун тиит силиһинии сириэдийэн, бу икки киһиттэн бачча элбэх киһи, ыччат силигилии сиппитэ көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх. Сирдээҕи дьол, киһи буолан кэлбит аналы толоруу диэн бу буоллаҕа. Бу оҕолортон өссө да элбэх ыччат дьон чэчирии, силигилии, эбиллэ туруохтарыгар эрэбил.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: