102 саастаах Эбээ Ылдьаана алгыһын анаата

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык  Сүбэтин «Почетный старейшина РС(Я)» бэлиэ, «Үйэ саас» уһун үйэлэнии бочуоттаах бэлиэтин, «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ, «Ийэ Албан аата» уордьан 1 истиэпэннээх кавалера, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо  Пермякова Ульяна Егоровна 11 оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннарбыта.

Билигин 102 сааһыгар Алгыстаах тэлгэһэтигэр, төрөөбүт-үөскээбит дьиэлэригэр оҕолоругар, күтүөттэригэр-кийииттэригэр, сиэттэригэр, хос-хос сиэттэригэр алгыһын анаабыт дьоро күнүгэр барыларын мунньан, Аймахтар түмсүүлэрин тэрийдэ. Кинилэргэ Эбээ Ылдьаана алгыһын анаата.

Хаартыска: А.Пермякова.

— Төрөппүттэрбит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо Ульяна Егоровна уонна Владимир Николаевич Пермяковтар олох араас ыарахаттарын тулуйан кэлбиттэрэ, күүстээх санаалаах буолан олоххо тардыһыылара, олорбут дьоһун олохторо биһиэхэ, оҕолоругар, үтүө холобур буолар.

Кыргыттара төрөппүттэригэр, Күн күбэй ийэлэригэр анаан таһаарбыт «Киэн туттар күндү дьоммут» диэн кинигэни Ылдьаана эбээлэрэ бу дьоро күн сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэлэхтээтэ.

Төрдү-ууһу билии, үөрэтии суолтата улахан. Хас биирдии киһи кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын үөрэтиэхтээх, билиэхтээх. Кинилэр төрүттэрэ, эбээлэрэ, эһээлэрэ хайдах-туох олоҕу олорбуттарын, кэнэҕэски ыччакка тиэрдэр курдук билиэхтээх диэн 5 көлүөнэ оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ мустан, сахалыы сэмэйдик, дьиэ кэргэннии истиҥник, кэрэ кэпсээн кэһиилээх, үөрүү-көтүү үктэллээх мустан арчыланныбыт, — диэн оҕолоро кэпсииллэр.

Эбээ алгыһаХаартыска: А.Пермякова.

Чахчыта да, модун тиит силиһинии сириэдийэн, бу икки киһиттэн бачча элбэх киһи, ыччат силигилии сиппитэ көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх. Сирдээҕи дьол, киһи буолан кэлбит аналы толоруу диэн бу буоллаҕа. Бу оҕолортон өссө да элбэх ыччат дьон чэчирии, силигилии, эбиллэ туруохтарыгар эрэбил.

А.Пермякова тиксэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago