103 тыһыынча оҕоҕо биир кэлим босуобуйа анаммыт
Алтынньы 19 күнүнээҕи туругунан, биир кэлим босуобуйаны 102 980 оҕоҕо уонна 4009 хат дьахтарга, ол иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 522 оҕолоругар, кинилэр 14 хат кэргэттэригэр биир кэлим босуобуйаны биэрдилэр. Ол туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Марина Герман иһитиннэрдэ.
— Биир кэлим босуобуйа төлөнөр буолуоҕуттан, Социальнай пуонда салаата Саха сиригэр 12 миллиард 90 мөлүйүөн 120 тыһыынча солкуобайы дьиэ кэргэттэргэ ыытта. Сайабылыанньа 91,4%-на «Госуслуги» портал нөҥүө электроннай көрүҥүнэн бэрилиннэ, — диэн кини эттэ.
Биир кэлим босуобуйа намыһах дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ ананар — кинилэр дохуоттара хас биирдии чилиэннэригэр тиксэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына. Оттон байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дохуота дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар ааҕыллыбат.
— Бу түгэҥҥэ биир кэлим босуобуйа 6 ыйга бэриллэр. Быстах хомуурга ыҥырыллыы туһунан докумуоннары сайабылыанньаны биэрээччи Социальнай пуондаҕа бэйэтэ биэриэхтээх, — диэн Марина Герман эттэ.
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: