Саха сирин судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын үлэһиттэрин ХІІ спартакиадата салҕанар
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Гаврильевич Игнатьев аатынан Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын үлэһиттэрин ХІІ спартакиадатын компьютернай успуорт көрүҥэр түмүгэ таҕыста.
1 миэстэ — СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна информационнай технологияларга министиэристибэтэ;
2 миэстэ- СӨ Арктика уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ, СӨ Тас сибээстэргэ уонна дьыалаларыга министиэристибэтэ, СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ;
3 миэстэ — СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) аппараата;
4 миэстэ — СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтата;
5-7 миэстэ – СӨ Судаарыстыбаннай тутуу уонна олорор дьиэ надзорын управлениета;
5-7 миэстэ — СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ;
5-7 миэстэ- СӨ Үпкэ министиэристибэтэ.
Санаттахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын үлэһиттэрин ХІІ спартакиадата былырыын алтынньы ыйыттан саҕаламмыта. Сэттэ ый устата уон бастыҥ успуорт уон көрүҥэр уонна уопсай зачекка уон бастыҥнары быһаарыахтара. Спартакиада 12-с төгүлүн ыытыллар. Ол курдук, сэттэ ый устата судаарыстыбаннай сулууспалаахтар ГТО многоборьеҕа, волейболга, компьютернай успуорка, бильярдка, остуол тенниһигэр, харбааһыҥҥа, чэпчэки атлетика эстафетатыгар, саахымакка, дуобакка уонна мини-футболга бастыҥнарын быһаарыахтара.
Кыайыылаахтар уонна призердар мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланыахтара, оттон спартакиада бастыҥ үс хамаандата уопсай түмүккэ Кубогы уонна дипломнары ылыахтара. Спартакиада түмүгэ ыам ыйыгар биллиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: