Тааттаҕа Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95, олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, фольклорист М.Н.Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылларыгар анаммыт олоҥхону нэһилиэнньэнэн толоруу тэрээһинэ буолла.
Күөн күрэскэ быйыл 11 нэһилиэктэн 102 олоҥхону толорооччу кытынна. Түөлбэ олоҥхолорун П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо», П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Айыы Дьураҕастай», М.Н.Андросова-Ионова «Үүт Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара», Бүөтүр Оҕотоойоп «Эһэ хара аттаах Элэс Боотур», К.Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхолору толордулар.
Хас биирдии бөлөҕү дьүүллүүр сүбэ иһиттэ, сыаналаата. Түмүккэ дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттыбытырн бэлиэтээтилэр.
Быйыл улуус иһинээҕи күөн күрэскэулахан нэһилиэктэр бөлөхтөрүгэр Тыараһа бастаата, иккискэ Орто Амма таҕыста, үһүс бириистээх миэстэҕэ Октябрьскай нэһилиэгэ тигистэ. Анал ааты Дьохсоҕон уонна Таатта нэһилиэктэрэ ыллылар.
Дьоҕус нэһилиэктэргэ Уус Амма бастаата, Амма, Уолба иккистээх үһүс буоллулар, Игидэй анал ааты ылла.
Аны Аммаҕа буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии саҕаланна.
Норуот айымньытын дьиэтэ,
Таатта.
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…