Куйдуһун үрэҕи туоруур күргэни муус устар ыйга чөлүгэр түһэриэхтэрэ
«Управление автомобильных дорог РС(Я)» генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Виктор Игнатьев былырыын халаан уутуттан саахалламмыт Өймөкөөн улууһун Куйдуһун үрэҕи туоруур күргэ тутуута сотору кэминэн түмүктэнэрин туһунан иһитиннэрдэ диэн yakutia-daily.ru суруйар.
Билигин күргэни нуормалыыр туругар тиэрдэллэр, муоста үрдүнэн сырыыны бу сыл муус устар бүтүөр диэри үлэлэтэри былаанныыллар.
Бэдэрээтчит үлэтин олунньу 26 күнүгэр саҕалаабыта: бааза миэстэтэ турар сирин ыраастааһын, күргэ тирэх остуолбаларын туруорар былаһааккаларын бэлэмнээһин, эргэ муостаны көтүрүү үлэлэрэ ыытыллаллар. Муоста тутуутун сорох матырыйааллара Улан-Удэттан хайыы-үйэ айаннаабыттар, оттон сүрүн матырыйааллара Аллараа Бэстээхтэн таһыыга бэлэмнэр.
Санатан эттэххэ, ааспыт сыл от ыйын саҥатыгар «Өймөкөөн» суолун 156 км тырааныспар сырыыта быстах кэмҥэ тохтотуллубута. Таһаҕаһы тиэйэр уонна легковой тырааныспардар сырыыларын хааччыйыыга САРМ туруоруоллубута. 1979 сыллаахха тутуллубут Куйдуһун үрэҕи туоруур муоста саахалланар туруктааҕа уонна уларытарга эрэйиллэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: