Роман Дмитриев аата саха баарын тухары умнуллуо суоҕа

Share
Бу күннэргэ Сэбиэскэй уонна Арассыыйа успуордун номоххо киирбит спортсмена, 1972 сыллааҕы Мюнхеннааҕы Олимпиада көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера, Аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, ССРС түһүлгэтин алта төгүллээх кыайыылааҕа Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сыла буолла. Ол курдук, кулун тутар 5-11 күннэригэр  СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан, Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр салҕаналлар.
Роман Дмитриев кулун тутар 7 күнүгэр Эдьигээн Бэстээҕэр күн сирин көрбүтэ. Роман Дмитриев аата саха баарын тухары умнуллуо суоҕа. Кини курдук дьоннор өлбөттөр, норуот өйүгэр-санаатыгар өрүү тыыннаахтар. “Маҥнайгы чөмпүйүөн, ааны аспыт ким этэй?” диэн хайаан да ыйытыллыаҕа, онуоха бастакынан Роман Михайлович аата дорҕоонноохтук ааттаныаҕа.Кини эмискэ халлааны сырдатан уоттаах сулус суулларын кэриэтэ кылгас, чаҕылхай олоҕу олорон ааста. Саамай муударай айар-тутар сааһыгар тиийэн баран олохтон туораабыта хомолтолоох, аһыылаах. Кини олоҕо бэйэтэ сулус курдук. Саха сирин биир түгэх улууһуттан сириэдийэн тахсан, олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойдуга тиийэ биллэр киһи буола үүммүтэ. Роман Михайлович тустууга киллэрбит кылаата муҥура суох. Элбэх ахсааннаах эдэр уолаттар кини курдук буолуохтарын баҕаран, спорт саалаларыгар, дыбарыастарыгар кэлбиттэрэ. Кини улахан таһымнаах тустуугун тэҥэ, айымньылаах үлэлээх тренер этэ. Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа, Саха сирин элбэх талааннаах тустууктарын иитэн-такайан таһаарбыт үтүөлээх. Олоххо бэйэтин сыһыанынан эдэр ыччакка холобур буолбута. Аҥардас успуордунан эрэ үлүһүйбэтэҕэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин, норуот дьокутаатын быһыытынан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр көмөлөспүтэ. Роман Михайлович успуорка кыайыылара, олоххо ситиһиилэрэ устуоруйаҕа умнуллубаттык хаалан, биир дойдулаахтарын саҥа кыайыыларга сирдии турарыгар эрэл улахан.

Кырдьык, бэйэтин төрөөбүт дойдутун дьиҥнээх патриота. Кини бүтүн олоҕун Саха норуота аан дойдуга аатырарын туһугар анаабыта диэтэххэ омуннааһын буолбата буолуо. Олимпийскай оонньуулар, аан дойду чөмпүйэнээттэрин көбүөрдэригэр тахсарыгар Роман Дмитриев хаһан баҕарар успуорка хорсун быһыыны көрдөрөрө, эдэр ыспарсымыаннарга үтүө холобур буолара. Кини сырдык уобараһа куруук биһиги сүрэхпитигэр хаалыаҕа уонна успуорка саҥа кыайыыларга ыҥыра, угуйа туруоҕа. Саха сирин уһулуччулаах уолун аатын үйэтитии салҕанан бара турар”, — диэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, бөдөҥ ыспартыыбынай суруналыыс Бүөтүр Павлов суруйар.

Сэмэн Жендринскэй, Саҥа Олох. 

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago