Хаҥаласка массыына харсыһыытыгар суоппардар эмсэҕэлээтилэр
Бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр, күнүс 16.00 чаас саҕана ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар Хаҥалас улууһугар Булгунньахтаах уонна Улахан Аан нэһилиэктэр икки ардыларыгар «ТОЙОТА ПРЕМИО» уонна «ТОЙОТА ЛАНД КРУИЗЕР-105» массыына харсыбыттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ.
Чэпчэки омук массыына уруулугар 1985 с.т. дьахтар суоппар олорбут. Оттон 60-ча саастаах эр киһи улахан омук массыыналаах Покровскай куорат өттүгэр 50-ча км/ч түргэннээх айаннаан иһэн, ханнык эрэ кэмҥэ хараҥа легковой массыынаҕа киирэн биэримээри туормаһы баттыы сатаабыт да, кыаллыбатах. Оттон дьахтар суоппар кэпсииринэн, дьүөгэлэрин кытта Өлүөнэ очуостарын пааркаттан айаннаабыттар. Тырааныспар түргэнэ 40 км/ч улахан буолбатах эбит.
Оттон олорон испит дьахтар санаатынан, эр киһи массыынатын сырыытын түргэнэ 60-70 км/ч үөһэ буолара сабаҕаламмыт. Эр киһи утары балаһаҕа тахсан харсыһыы тахсыбыт. Дьахтар хайдах охсуллуу буолбутун өйдөөбөт эбит. Саахал түмүгэр иккиэн суол быһылааныгар улахан эчэйиини ылбыттар. Суоппардар иккиэн арыгы испэтэхтэрэ дакаастанна.
Саахал тахсыбыт чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар. Быһылаан төрүөтэ силиэстийэлэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: