11 кылаас үөрэнээччитэ байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга анаан 20 саха быһаҕын оҥордо

11 кылаас үөрэнээччитэ байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга анаан 20 саха быһаҕын оҥордо

Ааптар:
30.09.2025, 18:11
https://t.me/churapchinsky
Бөлөххө киир:

Чурапчытааҕы И.М.Павлов аатынан 2-с нүөмэрдээх орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Макаров  байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга анаан 20 саха быһаҕын оҥорон аҕалан туттаран, кыайыыга бэйэтин тус кылаатын киллэрдэ диэн @churapchinsky иһитиннэрдэ.

Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Рустам Данилов салайааччылаах улуус дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга гуманитарнай көмөнү тиэрдэ бу күннэргэ айаҥҥа турунан эрэр. Улуус тэрилтэлэрэ, дьоно-сэргэтэ бу курдук кыралыын-улаханныын кыттыһан, күүстэрин түмэн, хомуйан ыытар үтүө үгэстэрин өрө туталлар, этэҥҥэ уолаттар Кыайыы аргыстаах чөл, чэгиэн эргиллэн кэлиэхтэригэр эрэллээхтэр.

Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • -6°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 79% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: