Үөһээ Бүлүү улууһугар «социальнай десант» үлэлиир

Share

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Уларова салайааччылаах Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэринэн «Социальный десант» ыытылынна.

Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай хайысхалаах  тэрилтэлэрин салайааччылара, исписэлиистэрэ олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөн үлэлээтилэр. Биэнсийэлээхтэр уонна страховой пуонда салайааччыта Альбина Николаева биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар олохтоохтортон эрдэтинэ сайаапка хомуйда, ыйытыыларга хоруйдаата, сүбэлэри биэрдэ. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин исписэлииһэ Е.В. Иванова  учуокка турар дьону кытта үлэлэстэ.

Социальнай көмүскэл уонна үлэҕэ социальнай сайдыыга управлениетын салайааччыта Е.В. Николаева, исписэлиис М.И. Роменская  социальнай патронажка ыалларынан сырыттылар уонна 2022-23 сс. социальнай хантараак ылбыт олохтоохтору кытта көрсөн, хайдах тэринэн үлэлии олороллорун билистилэр. Анна Михайловна социальнай эбийиэктэри кэрийэн көрдө уонна тэрилтэ салайааччыларын кытта көрсөн үлэ туһунан кэпсэтиини ыытта.

Элбэх өҥөнү оҥорор киин исписэлииһэ  К.В. Егорова Өргүөт нэһилиэгэр 12 киһиэхэ, Быракаан нэһилиэгэр 2 киһиэхэ консультация биэрдэ, докумуон оҥотторон баран ылбакка сылдьар дьоҥҥо докумуоннарын бэлэмнээн туттарда.

«Социальнай десант» уопсайа 8 нэһилиэккэ сырытта. Салгыы нэдиэлэҕэ иккилии нэһилиэктэри таарыйан үлэлиирэ былааннанар диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago