Өлүөхүмэҕэ үс саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ

Share

Өлүөхүмэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө элбэх кыбартыыралаах үс саҥа дьиэ күлүүстэрин туттардылар.

Эбийиэктэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан үлэҕэ киллэрилиннилэр.  Саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин 153 дьиэ кэргэттэр ыллылар.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Набережная уулуссаҕа 83 уонна 32 кыбартыырлаах икки саҥа дьиэни «Норд Строй» ХЭО бэдэрээччит тутан үлэҕэ киллэрдэ. Оттон Кудрин-Абагинскай аатынан уулуссаҕа 38 кыбартыыралаах үһүс тутууну «ОлекмаСтройСервис» ХЭО бэдэрээччит тутта. Бу маастар-былааны учуоттаан тутуллубут Өлүөхүмэҕэ бастакы дьиэ баар буолла.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагырааманан тулаайах оҕолор эмиэ ыллылар.

Санатан эттэххэ, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү Саха сиринээҕи аадырыстаах бырагыраама 2019 сылтан Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирэр.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Билиҥҥи туругунан 40 тыһ. тахса киһи көһөрүлүннэ. Бу сылларга 244 элбэх квартиралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. 2024 сылга өссө эбии 93 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллара күүтүллэр.

Өлүөхүмэ улууһугар бырагыраамаҕа 112 тыһ. элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ киллэриллибитэ биллэр. Бу дьиэлэр бары 2017 сыл тохсунньутугар диэри саахалланар туруктаахтар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago