12 саастаах Амелия Новикова баҕа санаатын Ил Дархан толордо
Ил Дархан Айсен Николаев 12 саастаах Амелия Новикова суругун тутан, кыысчаан улахан баҕа санаатын толорбутун туһунан телеграм-ханаалыгар суруйар:
— Бу күннэргэ мин 12 саастаах Амелия Новиковаттан олус истиҥ ис хоһоонноох суругу туттум. Кини улахан баҕа санаатынан миигин кытта көрсөн кэпсэтии буолар эбит. Саҥа дьыл иннинэ оҕолор баҕа санаалара туоларыгар табыгастаах кэм, онон Амелияны үлэбэр ыҥырдым.
Амелия Саха-корейскай оскуолаҕа алтыс кылааска үөрэнэр, үөрэх бастыҥа. Иллэҥ кэмигэр волейболунан, гимнастиканан дьарыктанар. Өссө кини ыллыырын сөбүлүүр. Амелия миэхэ ааспыт сайын бэйэтэ хомуйбут дьэдьэниттэн барыанньа бэлэхтээх кэлбит, оттон мин сымнаҕас оонньуур — эһэчээни бэлэхтээтим. Кыысчаан миэхэ сурук суруйарыгар хоруй тутуом суоҕа дии санаабыт. Бүгүҥҥү көрсүһүү кэнниттэн кини баҕа санаалар туолаллар эбит диэн итэҕэйиитэ күүһүрдэҕэ буолуо. Амелия куруук маннык истиҥ, өйдөөх буоларыгар баҕарабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: