12 сэргэлээх болуоссаппыт ситэрин-хоторун кэтэһэбит

Share

Ленин болуоссата урут-уруккуттан өрөспүүбүлүкэбит сүрүн болуоссата буолар. Онон хайдах саҥаттан оҥоробут диэн кэпсэтиилэр, араас бырайыактар элбэхтэр этэ. Былырыыҥҥыттан саҕалаан «Якутпроект» институтун исписэлиистэрэ оҥорбут дизайннарынан тохтоло суох үлэ бара турар.  Билиҥҥитэ ат төбөлөөх, чороонноох 12 сэргэ күн уотугар күлүмүрдүүллэр.

Мантан сылтаан араас социальнай ситимнэргэ ырытыы тохтоло суох барар. Ким эрэ тимир сэргэ Аллараа дойду сэргэтэ диир, ким эрэ сэргэ араас өҥүнэн оонньообутун, кытай саҥа дьылыгар, Лас-Вегаска тэҥниир, ким эрэ сирбэт, астынар. Уопсайынан, “неравнодушно” ким да хаалбата, бары болуоссаппыт ситэн-хотон, хайдах буолан тахсарын кэтэһэбит.

Ил Дархан иһинэн Архитектура уонна куораты тутуу управлениетыгар болуоссат тутуллан бүттэҕинэ биирдэ туох баар кистэлэҥин этиэхпит диэтилэр.

12 сыыппара сахаҕа муҥутуур улахан сыыппара буолар. Онон сэрэйдэххэ, 12 сэргэ ыалдьытымсах буолууну, байылыат олоҕу, былааһы көрдөрөрө сэрэйиллэр.

Оттон 12 сэргэни этнографтар туох дииллэрий?

Наталия Данилова, этнограф, историческай билим хандьыдаата:

— Айыы сирэ барыта толору, сырдык, күндэлэс, бигэ тирэхтээх, дьоһун тутуулаах, лоп-бааччы. Айыылар сэргэлэрэ, уораҕайдара көмүстэн эбэтэр алтантан тураллар. Ленин болуоссата биһиги куораппыт киинэ, ортото буолар, онон үрдүк сири кэрэһилиирин быһыытынан, үөһээ дойдуну кытта дьүөрэлээх. Оччотугар сэргэлэрин көмүс эбэтэр алтан диир оруннаах.

Уон икки сыыппара саха итэҕэлигэр сакральнай сыыппара. Холобур, тоҕус хаттыгастаах халлааҥҥа уон икки Айыы олорор. 2019 сыллаахха “Якутпроект” исписэлиистэрэ болуоссат дизайнын оҥороллоругар анаан-минээн этнографтары кытта кэлэн сүбэлэспиттэрэ. Оччотооҕу бырайыакка баар үгүс оҥоһуу ситэ киирбэккэ турар, кэлин сыыйа-баайа ситэн-хотон иһэригэр баҕарабыт.

What’s your Reaction?
+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы салҕанар

“Уолаттар, кытаатыҥ! Сайаапканы биэрии олус судургу, якутияземлягероев.рф сайтка киириҥ уонна наадалаах чахчылары толоруҥ”, -- диэн…

8 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Саҕынньах атыылаһаары, харчытын түөкүн дьахтарга албыннаппыт

Бүлүүтээҕи ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар саҕынньах атыылаһаары, түөкүн угаайытыгар киирэн биэрбитин туһунан иһитиннэрбит. Кини…

22 минуты ago
  • Сонуннар

Саха сирин ОДьКХ-та 2025 сыллааҕы өрөмүөн хампаанньатыгар бэлэмнэнэр

Саха сиригэр 2025 сыллааҕы өрөмүөн бырагырааматын олоххо киллэриигэ бэлэмнэнии салҕанар. "СӨ ОДьКХ" ГУП наадалаах матырыйааллары…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Арассыыйа олохтоохторун ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар уһун өрөбүллэр күүтэллэр

Олунньу 23 күнүнээҕи уонна кулун тутар 8 күнүнээҕи өрөбүл күннэр ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар…

53 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сылыйара чугаһаата. Синоптиктар Саха сиригэр -1 кыраадыс буолуо дииллэр

Аҕыйах хонугунан арҕааҥҥы циклоннар күүһүрдэхтэринэ, Саха сиригэр тымныы намырыа. Ол курдук, субуотаҕа сорох оройуоннарга күнүс…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гектары биэрэргэ этии киллэрдэ

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр аймахтарыгар “Уһук Илиҥҥи гектар” бырагырааманы Москваттан уонна Санкт-Петербургтан ураты Арассыыйа…

1 час ago