120 миэдик квалификацияларын үрдэтэр бырагыраамаҕа кытыннылар
Үөрэтиини перинатология, неонатология уонна педиатрия быраастара аастылар.
Кэлиҥҥи икки сылга 126 быраас акушерство-гинекологияҕа, анестезиология-реанимотологияҕа уонна неонатологияҕа квалификацияларын үрдэтэр бырагыраамаҕа кытыннылар. Үөрэтии 2024-2026 сс. өрөспүүбүлүкэ доруобуйаҕа харыстабылын сайыннарар бырагырааматын чэрчитинэн барар диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Куурустар ХИФУ баазатыгар ыытыллаллар.
“Биһиги сорукпут – саҥа төрөөбүт оҕолорго үрдүк хаачыстыбалаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥороллорун курдук исписэлиистэри наадалаах билиинэн, сатабылынан хааччыйыы. Бу биһиги эрэгийиэммитигэр оҕоҕо кыһамньыны тупсарыыга уонна оҕо өлүүтүн аччатыыга суолталаах хардыынан буолар”, – диэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Татьяна Павлова.
Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах сылыгар эбии 79 бырааһы эбии үөрэтии былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: