Салгыы
1206 ыал гаастааһыҥҥа көмөнү туһаммыт

1206 ыал гаастааһыҥҥа көмөнү туһаммыт

11.05.2023, 19:00
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Нэһилиэнньэ гааска холбоноругар бырабыыталыстыба өттүттэн улахан болҕомто ууруллар. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин хайысхатынан, олорор дьиэни гааска холбооһуҥҥа аадырыстаах материальнай көмөнү барыта 1206 ыал 168 мөлүйүөн солкуобай суумалаах көмөнү ылбыт.

Быйыл 252 ыал, ол иһигэр 104 элбэх оҕолоох ыал маннык көмөнү ылан номнуо туһаммыт.

Муус устар 24 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев гаастааһыҥҥа мунньах ыыппыта. Быйылгыттан элбэх оҕолоох ыаллар гаастааһыҥҥа көмөнү дохуоттарын таһымыттан тутулуга суох ылар буолуохтара. Ил Дархан маннык ньыманы сокуоннай саастарын туола илик, эппиэкэҕэ ылбыт, үстэн элбэх оҕолоох ыалларга эмиэ туһанарга сорудахтаата.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 мая
  • 8°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 31% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: