«122» нүөмэргэ уйулҕа үөрэхтээхтэрэ үлэлииллэр

Share

Дойдуга анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыттарга, кинилэр  чугас дьонноругар, аймахтарыгар  “122” сулууспаҕа сыһыарыллыбыт уйулҕа үөрэхтээхтэрэ өйөбүл буолаллар.

Саха сирин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ бирикээс таһааран, өрөспүүбүлүкэ кэккэ балыыһаларын кылаабынай быраастара килиниичэскэй психологтар биригээдэлэрин тэрийэллэригэр сорудахтаабыта.

Психологтар хамаандалара хайдах тэриллибитин туһунан Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын  кылаабынай бырааһа Олег Припузов маннык кэпсиир:

— Биһиги килиниичэскэй психологтарбыт бирикээһи суһаллык толорорго бэлэм этилэр. Кинилэр сорохторо “122” суһал линияҕа барбыттара. Кинилэр үлэлэрин саҕалааттарын кытта  араас ыйытыы  хайыы үйэ түмүллүбүт этэ. Биһиги исписэлиистэрбит психологическай өйөбүлү тэҥэ,  бэбиэскэни ылан баран, хайдах дьаһанар туһунан кэпсээбиттэрэ уонна баҕа өттүлэринэн барыан баҕалаах эр дьоҥҥо тустаах сүбэни-аманы биэрбиттэрэ. Онтон сорохторбут СӨ Уопсастыбаннай балаататыгар, Сүрүннүүр кииҥҥэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар сибээскэ тахсыбыттара”, — диэн кэпсээтэ Олег Алексеевич.

“Фтизиатрия” НПК килиниичэскэй психолога Елена Смоленская: «Быстах хомуурга түбэспиттэр уйулҕа үөрэхтээҕин өҥөтүгэр сэдэхтик наадыйаллар. Тоҕо  диэтэххэ, кинилэр ону буолуохтааҕын курдук уонна эбээһинэс курдук ылыналлар. Биһиги өйөбүлбүтүгэр ордук элбэхтик кинилэр ийэлэрэ, эдьиийдэрэ-балыстара, кэргэннэрэ, доҕотторо уонна аймахтара наадыйаллар. Үксүгэр докумуоннарга уонна доруобуйаҕа сыһыаннаах ыйытыылар киирэллэр. Миэхэ үлэлиирбэр чэпчэки диэбэппин. Ыарахан. Ол гынан баран, мин иэһим. Биһиги, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ, олохпутун идэбитигэр анаабыппыт уонна төһө да уустуктар баалларын иһин, үлэлээбиппит курдук үлэлиибит. Этэргэ дылы, биһиги буолбатахпытына ким?»— диэн кэпсээтэ.

Алтынньы 6 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын тэрилтэлэрин килиниичэскэй психологтара “122” суһал линияҕа 111 төлөпүөн, СӨ Уопсастыбаннай балаатата   100 төлөпүөн ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ ону таһынан Орджоникидзе, 28 нүөмэригэр быстах хомуур пуунугар үлэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

9 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago