122 суһал лиинийэҕэ төһө элбэхтэ төлөпүөннүүллэрий?

122 суһал лиинийэҕэ төһө элбэхтэ төлөпүөннүүллэрий?

Ааптар:
25.10.2022, 09:30
Бөлөххө киир:

122 суһал лиинийэҕэ быстах байыаннай хомуур боппуруоһунан 17 тыһ. төлөпүөннээбиттэр.

Бу алтынньы 24 күнүнээҕи туругунан. Күҥҥэ ортотунан сэттэ сүүстэ эрийбиттэрэ бэлиэтэнэр. Билигин да байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр, быстах байыаннай хомуур, түмүк туһунан ыйыталлар. Бу туһунан колл-киини салайар Мария Винокурова иһитиннэрэр.
Маны сэргэ, дьон-сэргэ мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх көмө төлөбүр туһунан ыйыталлар. «Өскөтүн байыаннай чаастан иһитиннэрии эрдэ кэллэҕинэ, көмө төлөбүр расчетнай счекка кылгас болдьох иһигэр ыытыллар«, — диэн колл-киин салайааччыта быһаарар.

Санатан эттэххэ, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан сэтинньи 1 күнүгэр диэри төлөбүр барыта оҥоһуллуохтаах.

Мария Винокурова бэлиэтээн эппитинэн, өскөтүн, ыалтан бииртэн элбэх киһи быстах хомуурга барбыт буоллаҕына, биир кэмнээх материальнай көмөнү ыларга икки сайабылыанньалаах киһи, мобилизованнай кэргэнэ буоларын быһыытынан, уонна төрөппүт быһыытынан, өскөтүн уола кэргэнэ уонна оҕото суох буоллаҕына ылар.

Колл-киин балаҕан ыйын 23 күнүттэн суукканы эргиччи үлэлиир. Ыйытыылаахтар «122» нүөмэргэ эрийиэхтэрин сөп:

— 122 – эбии 1 кунуопканы баттаан – быстах хомуур туһунан ыйытыахтарын сөп;

— 122 – эбии 6 кунуопканы – эбии 1 кунуопканы баттаан  — мобилизацияламмыттар уонна хантараагынан бэйэлэрин баҕаларынан барбыт дьон дьиэ кэргэттэрэ волонтёрдар көмөлөрүн ыйыталлар (10:00-18:00 ч.);

— 122 – психологическай өйөбүл боппуруоһугар эбии 6 кунуопканы – эбии 2  кунуопканы баттаан тиийэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: