1227 киһиэхэ төлөбүрдэри ыыппыттар

Share

Билиҥҥи туругунан, Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар сайыҥҥы халаантан эмсэҕэлээбит 1200-тэн тахса киһиэхэ төлөбүрдэри ыыппыттар. Бу туһунан атырдьах ыйын 8 күнүгэр брифиҥҥэ СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«От ыйын 19 күнүттэн судаарыстыбаннай өҥө порталыгар 2271 сайабылыанньа, ол иһигэр 1657 — биир кэмнээх үп-харчы көмөтүгэр уонна 613 — баайы-дуолу сүтэриинэн үп-харчы көмөтүгэр, киирбит. 1227 киһиэхэ төлөбүр туһунан быһаарыы ылыллыбыта, 102 сайабылыанньа эбии көрүүгэ ыытыллыбыта.  Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар халаан содулларын суох оҥорорго, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата эбийиэктэри кэмигэр чөлүгэр түһэриигэ бары наадалаах дьаһаллары ылыммыта», — диэн Андрей Коноплев эттэ.

Кини этэринэн, билигин суол 82 учаастагыттан 70-на чөлүгэр түһэриллибит. Уопсайа 235 дьиэ чинчийиллибит, олортон 122-гэр өрөмүөн ирдэнэр. Халаан Өймөкөөн улууһугар саамай улахан хоромньуну аҕалла, онно 108 дьиэ алдьаммыт,  5 дьиэ толору урусхалламмытынан билиниллибит. Абый улууһугар 14 дьиэ эмсэҕэлээтэ.

Миниистири солбуйааччы өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 1 дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүгэр 200 тыһыынчалыы солкуобайы үллэрбитин  туһунан эттэ.

«Дьиэлэрэ урусхалламмыт 3 ыалга 4 кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ кыбартыыралары биэрэргэ былааннанабыт. Маны тэҥэ, 2 мас дьиэни тутуу боппуруоһа көрүллэр. Ыраах нэһилиэктэргэ тутуу матырыйаалларын тиэрдии тэрилиннэ. Билигин «Ан-26″ сөмөлүөт Абый улууһугар тутуу матырыйаалларын тиэрдэрэ былааннанар, онтон матырыйааллары Кэбэргэнэ сэлиэнньэтигэр уунан тиэйэн тиэрдиэхтэрэ. Өймөкөөҥҥө 4 улахан массыынанан тиэрдиллибитэ», — диэнт Андрей Коноплев кэпсээтэ.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/9622

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: моркуобу, биэрэһи хаһаанабыт

Саха сирин олохтоохторо кылгас сайыҥҥа үүннэрбит оҕуруоппут аһын күһүн хойукка диэри сибиэһэйдии хаһаанарга кыһанабыт. Бүгүн…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин үөрэнээччитэ Мирон Потапов «Спроси строителя» Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайда

Тутааччы күнүн көрсө РФ Тутууга уонна ОДьКХ министиэристибэтигэр ахсыс төгүлүн ыытыллыбыт  "Спроси строителя -2025" куонкурус…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Доҕордоһуу болуоссатыгар 33 орто үөрэх кыһалара муһуннулар

Дьокуускайга «Профмаршрут: Старт карьеры» диэн орто үөрэх кыһаларыгар докумуоннары туттарыы күнэ ыытылынна. 33 колледж уонна…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллайыахаҕа ититиини номнуо биэрдилэр

Бүгүн, атырдьах ыйын 8 күнүгэр, Аллайыаха улууһугар "ОДьКХ" ГУП тэрилтэ сорудаҕынан, 10 хочуолунай 93 социальнай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах туохтан мөлтүүрүй?

Ааспыт 60 сыл тухары аан дойду үрдүнэн харах мөлтөөһүнэ бара турар. Ырааҕы кыайан көрбөт буолуу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куонкуруска номнуо 162 киинэ киирдэ

"Дальний Восток – Земля приключений" куонкурус үһүс сезонун үс ыйын түмүгүнэн, дьүүллүүр сүбэ сыанабылыгар 162…

2 часа ago