Өрөспүүбүлүкэҕэ күннэтэ кэриэтэ уоруу араас түбэлтэтэ тахса турар. Бу күннэргэ Ис дьыала министиэристибэтин управлениетын 2 нүөмэрдээх полиция отделыгар интэриниэт-маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн 127 800 солкуобайдаах табаары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа киирбит.
Суһал-ирдиир үлэ кэмигэр холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччыны быһаарбыттар. Ол курдук интэриниэт-маҕаһыын табаары биэрэр пуунун урукку үлэһитэ, 22 саастаах дьахтар эбит.
Уорбаланааччы сыл аҥаарын устата бэйэтин аатыгар араас табаары сакаастаан баран, харчытын төлөөбөт эбит. Сакаастаабыт таҥаһын барытын бэйэтигэр ылбыт. Харчы итээбитин инвентаризация кэмигэр быһаарбыттар. Ол эрээри дьахтар номнуо туһааннаах пуунтан уурайан барбыт.
Билигин эдэр дьахтарга РФ Холуобунай Кодексын 160 ыст. 1 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…