Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро лааҕырга сынньаныахтара

Share

Оҕо көмүскэлин күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 160 оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥҥа лааҕырга көттүлэр.

Кинилэр быйыл Краснодарскай кыраай Туапсе оройуонун сайыҥҥы лааҕырыгар сыанньаныахтара. Бу лааҕырга биир сезоҥҥа 1000 кэриҥэ оҕо  сынньанар кыахтаах.

«Кэрэ айылҕалаах дойдуга биһиги оҕолорбут  ис сүрэхпиттэн үчүгэйдик сынньалларыгар баҕарабын. Муора, күн, доҕордоһуу, көрдөөх оонньуулар  — бу барыта кинилэргэ үөрүүнү-көтүүнү, дьолу-соргуну эрэ аҕалыаҕа», — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов ТГ-ханаалыгар суруйар.

Бу иннинэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын — байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро өрөспүүбүлүкэ иһигэр сайыҥҥы лааҕырдарга сынньанарга босхо путевканан хааччыллыахтара диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэххэ управлениета иһитиннэрбитэ.

“Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн дьаһалларын туһунан” Айсен Николаев Ыйааҕын толорон, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар өйөбүл салҕыы оҥоһуллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago