Салгыы
ПМЭФ 2024: Москватааҕы кирэдьиит баанын кытта сөбүлэһии түһэрсилиннэ

ПМЭФ 2024: Москватааҕы кирэдьиит баанын кытта сөбүлэһии түһэрсилиннэ

Ааптар:
06.06.2024, 14:36
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 5 күнүгэр Петербурдааҕы аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа (ПМЭФ) Саха сирэ уонна Москватааҕы кирэдьиит баанын икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһиннэргэ сөбүлэһии түһэрсилиннэ.

Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Москватааҕы кредит баан» ПАУО бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Каторжнов илии баттаатылар.

«Москватааҕы кирэдьиит баанын кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии Дьокуускайга маас-былаанын олоххо киллэриигэ, ол иһигэр элбэх функциялаах киинэ павильоннарын оҥорууга көмөлөһүөҕэ. Бу Саха сирин уонна Уһук Илин киинэ индустриятын сайыннарарга саҥа кыахтары арыйыаҕа», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Сөбүлэһии  инвестиция бырайыактарын үбүлээһиҥҥэ уонна Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын үрдэтиигэ тиэрдиэҕэ.

«Биһиги саҥа стратегическай суолталаах бииргэ үлэлээһиннэргэ бигэ эрэллээхпит уонна өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин, ону кытта  социальнай эйгэтин сайыннарыыга туһалаах буолуоҕа диэн эрэнэбит. Баан саҥа оҥорон таһаарыыны тэрийэргэ, баараҕай тутуулары саҥардыыга уонна кэҥэтэргэ, социальнай инфраструктураны тутууга туһуламмыт бырайыактары олоххо киллэриигэ улахан уопуттаах. Итиэннэ эрэгиийиэн үрдүк айылҕа баайын кыаҕын арыйыыны эрэ буолбакка, киинэ оҥорон таһаарыыга саҥа хаачыстыбалаах былаһааккалары оҥорууга бастакы хардыы оҥоһуллубутуттан олус үөрэбин. Маннык бырайыактар эрэгийиэн брендин, ол иһигэр туристическай кыаҕын сайыннарарга тиэрдэр», — диэн бэлиэтээтэ «Москватааҕы кредит баан» ПАУО бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Каторжнов.

Бэс ыйын 5-8 күннэригэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ Айсен Николаев салайааччылаах Петербурдааҕы аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа (ПМЭФ) үлэлиир. Пуорум сүрүн тиэмэтэ — Основа многополярности – формирование новых центров роста».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: