13-с биэнсийэ туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэриэхтэрэ
Госдуума вице-спикерэ Борис Чернышов 13-с биэнсийэни биэрэр туһунан сокуон барылын оҥорон, бу сыл бүтүөр диэри дьокутааттар ааҕыыларыгар киллэриэм диэн эттэ. Бу туһунан «Известия» суруйар.
Чернышов этэринэн, бу иннинэ эмиэ маннык сокуон барылын киллэрэ сылдьыбыт эрээри, дьокутааттар өйөөбөтөхтөр. Ол иһин эспиэрдэр, дьокутааттар этиилэрин истэн, уларытан, эбэн баран, хос киллэриэҕэ. Кини этэринэн, үрдүк инфляция кэмигэр биэнсийэлээхтэргэ маннык төлөбүр ордук-хос буолбат. Биэнсийэлээхтэр уопсастыбаҕа кыаммат араҥа буолаллар.
Сокуон барылын уларытыллыбыт көрүҥэр төлөбүр кээмэйэ уларыйара былааннанар. 13-с биэнсийэ дьиҥнээх материальнай көмө курдук көрүллэрин туһугар, биэнсийэлэрин кээмэйиттэн тутулуга суох, бары биэнсийэлээхтэргэ төлөбүр тэҥ кээмэйдээх буолуохтаах.
Дьокутааттар бу сокуону ылыннахтарына, 13-с биэнсийэни Саҥа дьыл иннинэ биэриэхтэрин сөп.
«Росстат» иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа 2024 сыл муус устар ыйынааҕы туругунан, биэнсийэ орто кээмэйэ — 20 941 солкуобай. Саха сиригэр биэнсийэ орто кээмэйэ мантан үрдүк — 27 408 солкуобай. Биэнсийэлээхтэр 81,31%-ра — үлэни кыайбат кырдьаҕас дьон.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: