13 тыһыынча оҕо «100 сыл оҕолоро» хапытаалы ылбыт

Share

2023 сыл муус устар ыйыгар 856 оҕо төрөөтө: 431 уол уонна 425 кыыс. Кинилэр бары Ил Дархан олохтообут “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ылыахтара.

“100 сыл оҕолоро” хапытаалы биэрии болдьоҕо өссө 5 сылга диэри уһаабыта. Онон 2022 сыл тохсунньутуттан 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолор бары, дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох, бу хапытаалы ылаллар.

Билигин хапытаал суумата 105 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, сыл аайы үрдээн иһэр.

2023 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 13 016 оҕоҕо хапытаал бэриллэрин туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Кинилэртэн 4267 ыал барыта 354 мөлүйүөн 800 тыһыынча солкуобай суумалаах хапытаалларын ылан туһаммыттар.

Ыал үксэ хапытаалы олорор усулуобуйаларын тупсарарга (258 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 3189 сайабылыанньа) уонна тырааныспары ыларга (89,5 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 996 сайабылыанньа) ыыталлар.

2023 сылтан саҕалаан, олорор дьиэни гаастааһыҥҥа саҥа хайысха баар буолла. Онон хапытаал үбүнэн гааһы дьиэҕэ киллэрии ороскуотун төлүөххэ сөп буолла.

Хапытаалы ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт, оҕо ЗАГС-ка регистрацияланнаҕына, тута ананар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Ууга барыан сөптөөх эксээмэн ыытыллар пууннарыгар эрэсиэрбэ былааннар толкуйдаммыттара

Бу күннэргэ халаан уутуттан эмсэҕэлээн, сорох улуустарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Оттон эксээмэннэр ыам ыйын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Михаил Ефимович Николаев бөлөһүөктүү көрүүлэрин туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

"Михаил Ефимович Николаев: вклад в государственную семейную политику Российской Федерации" диэн  кинигэ сүрэхтэниитэ бүгүн, ыам…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьылы атаарыы, сайыны көрсүү

Ыам ыйын 15 күнэ. Дьылбыт түмүктэнэрэ 7 хонук хаалбыт. Ол аата саха саҥа сыла саҕаланыа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахталлар — салайар үлэҕэ

Ааҕааччыны салгыппат гына, ааспыты аҕыйах тылынан ахтан ааһар тоҕоостоох. Ыраата барбакка эттэххэ, ааспыт үйэ 60-70-с…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Туох барыта күрүөлээх…

Оннук ээ, туох барыта күрүөлээх, хамсыыр барыта хаһаалаах буолара бэрт бөҕө буоллаҕа! Киһи бэйэтин көрүнэригэр-харыстанарыгар…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр баһаары сэрэтэр  2, 4  тыһыынчаттан тахса тэрили дьиэлэргэ киллэрдилэр

2021 сылтан  Саха сиригэр “Баһаары сэрэт – АДПИ киллэр!” диэн социальнай аахсыйа ыытыллар.  Аахсыйа чэрчитинэн…

5 часов ago