Саха сиригэр 13 ыччат саҥа лабораториятын эбии туттулар. Онно 150-тан тахса эдэр учуонай үлэлиэҕэ. Учуонайдары өйүүр үлэ эрэгийиэҥҥэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Наука уонна университет» национальнай бырайыак чэрчитинэн барар.
Бу туһунан быһа эфиргэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай иһитиннэрдэ.
«Нацбырайыак сүрүн соруга — аан дойду таһымыгар арыйыыны оҥорор кыахтаах учуонайдар саҥа көлүөнэлэрин иитэн таһаарыы. Бу национальнай бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 13 ыччат саҥа лабораторията эбии тутулунна», — диэн Михаил Присяжнай кэпсээтэ.
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…