Саха сиригэр устудьуоннар этэрээттэрин сайыҥҥы үлэ кэмэ саҕаланна

Саха сиригэр устудьуоннар этэрээттэрин сайыҥҥы үлэ кэмэ саҕаланна

Ааптар:
12.06.2024, 14:00
Хаартыска: Майя Гоголева, СИА
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Арассыыйа күнүгэр Саха сирин устудьуоннарын тутуу этэрээттэригэр сайыҥҥы үлэ кэмэ саҕаланна.

Бу кэм устата түөрт тыһыынчаттан тахса устудьуон араас эйгэлэргэ тардыллыахтара, ол иһигэр тутуу, өрөмүөн, тыа хаһаайыстыба, өҥөнү оҥоруу, мэдиссиинэ, о.д.а. атын хайысхаларынан үлэлиэхтэрэ.

«Бүгүн биһиги 65-с төгүлүн устудьуоннарга тутуу кэмин аһабыт. Үгэскэ кубулуйбут тэрээһини үөрүүлээхтик Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кылаабынай куорпуһугар аһабыт. Университета үлэһиттэрэ устудьуоннар этэрээттэрин сайыннарыы үгэһин сүрүн тутаах тутааччыллара буолаллар. Манна билигин устудьуоннар тутар этэрээттэрин новатордара уонна бэтэрээннэрэ муһуннулар. Онон уһуйааччылар эдэрдэргэ уопуттарын кытта үллэстиэхтэрэ», — диэтэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.

Маны таһынан сайыҥҥы өттүгэр 150-тан тахса устудьуон «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар кыттыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: