Салгыы
Өрөспүүбүлүкэҕэ 15 ойуур баһаарын умуруордулар

Өрөспүүбүлүкэҕэ 15 ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар:
16.06.2024, 18:33
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 21,7 тыһ. га  иэннээх 15 ойуур баһаарын  умуруордулар.

Ол курдук, ойуур баһаара Алдан, Амма, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Муома, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Уус Алдан улуустарыгар умуруорулунна. Бүгүҥҥү күҥҥэ 1,3 тыһ. га иэннээх 17 ойуурга уот күөдьүөйбүтэ булулунна. Нам улууһугар 25 га иэннээх биир ойуур баһаарын тохтоттулар. Ону тэҥэ Саха сиригэр 122 тыһ. га кэриҥэ иэннээх 74 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр: Нерюнгрига – 14, Алдаҥҥа – 11, Томпоҕо – 10, Өлүөхүмэҕэ – 9, Кэбээйигэ, Намҥа – 5, Уус Маайаҕа – 4, Орто Халымаҕа – 3, Үөһээ Дьааҥыга – 2, Амма, Булуҥ, Горнай, Эдьигээн, Муома, Өлөөн, Таатта, Уус Алдан, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустарыгар уонна Мииринэй куоракка – 1. Баһаары бохсууга 696 киһи уонна 37 тиэхиньикэ кыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 июня
  • 10°C
  • Ощущается: 8°Влажность: 66% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: