Дьарыктаах буолуу сулууспата сыл саҕаланыаҕыттан 154 киһини үлэнэн хааччыйда

Share

Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиринээҕи дьарыктаах буолуу сулууспатыгар 288 анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ тахсыбыттар, онтон 154-дэ үлэлэн хааччылыннылар.

Итиэннэ сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр байыастар 21 оҕолоро быстах үлэнэн хааччылыннылар. Профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ 64 киһи ыытылынна. Бу туһунан бэс ыйын 18 күнүгэр СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов иһитиннэрдэ.

«Дьарыктаах буолуу сулууспата аадырыстаах көмөнү оҥорор. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр үлэнэн хааччыйыыга ураты болҕомто ууруллар. Кинилэргэ үлэ миэстэтин таһаарыыга, психологическай, социальнай адаптацияҕа уонна профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ көмө оҥорууга судаарыстыбаннай өйөбүлү туһанналар. Хас биирдии киһиэхэ тус куратор бэриллэр», — диэн бэлиэтээтэ Николай Иванов.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Бэс ыйыгар Саха сиринээҕи «Аҕа дойдуну көмүскээччилэрэ» анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда филиалын кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Пуонда иһинэн олохтоохторго суһал консультация биэриигэ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин исписэлииһэ сыһыарыллан үлэлиир. Бэс ыйын 17-26 күннэригэр Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ үлэ ырыынагар кыһалҕаны намтатыыга туһуламмыт эбии үлэлэри тэрийиигэ үлэ биэрээччилэригэр тус сүүмэрдээһини ыытар.

Субсидияны биэрии бэрээдэгэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэммитэ. Манна субсидияны ылыыга урбаанньыт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ураты болҕомто ууруллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

3 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

28 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago