Салгыы
Ил Дархан Үөдүгэйгэ универсальнай спортивнай комплекс тутуутун бэрэбиэркэлээтэ

Ил Дархан Үөдүгэйгэ универсальнай спортивнай комплекс тутуутун бэрэбиэркэлээтэ

Ааптар:
23.06.2024, 19:20
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһугар оробуочай сырыытын чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев быйыл Үөдүгэй нэһилиэгэр спортивнай единоборстволар универсальнай комплексын эбийиэгин тутууну түмүктүүргэ сорудахтаата.

Саҥа эбийиэк Үөдүгэй нэһилиэгин 3 №-дээх оскуола иһинэн сыһыарыллыбыта.Успуорт единоборстволарын комплексын уопсай иэнэ 1700-тэн тахса кв.м. буолуоҕа. Манна икки көбүөрдээх хапсыһыы саалата, тириэньэр, быраас хосторо, санузел уонна душ хосторо,  сыгынньахтанар хостор, тренажернай, хаһаайыстыбаннай дьиэлэр, ону сэргэ 22 миэстэлээх интэринээт баар буолуоҕа.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Билиҥҥитэ саҥа дьиэ акылаата түһэрилиннэ, ис, тас истиэнэтэ тутулунна. Бэдэрээччит тутууну алтынньы 1 күнүгэр диэри бүтэрэр былааннаах, билигин эбийиэккэ 15 киһи үлэлиир.«Северо-Восток стройдизайн» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Иван Сахаров этэринэн, үлэ былаан быһыытынан барар, эбийиэк 50 %-на оҥоһулунна.

Санатан эттэххэ, кэнники 6 сылга Саха сиригэр 329 социальнай эбийиэк тутулунна, ол иһигэр национальнай бырайыактар чэрчитинэн — 134, ол иһигэр 6  успуорт дьиэтэ тутулунна. Былырыын 57 эбийиэк  үлэҕэ киирдэ, быйыл улахан 76 социальнай эбийиэк тутулунна, онтон 15-һэ киллэрилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 июня
  • 17°C
  • Ощущается: 16°Влажность: 36% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: