Салгыы
«Туймаада ыһыаҕа»: «Ытыйардаах мааны» күрэххэ күөрчэх арааһын астыахтара

«Туймаада ыһыаҕа»: «Ытыйардаах мааны» күрэххэ күөрчэх арааһын астыахтара

Ааптар:
25.06.2024, 17:30
Хаартыска: интэриниэт аһаҕас ситимиттэн
Бөлөххө киир:

Оҕо сааспыт аһа куруук минньигэс уонна баҕалаах. Дыргыйбыт сыттаах дьэдьэн уонна отон барыанньата эбиилээх күөрчэх өрүү минньигэс. Өйдүүгүт? Хаһан бүтэһигин күөрчэх сиэбиккитий?

Быйыл тэрийээччилэр «Туймаада ыһыаҕын» кэмигэр ыалдьыттарга анаан элбэх интэриэһинэй тэрээһиннэри, куонкурустары, маастар-кылаастары, шеф-повардар билиһиннэрии бырагыраамаларын бэлэмнээтилэр. Бэс ыйын 29 күнүгэр «Туймаада ыһыаҕын» кэмигэр Үс Хатыҥҥа «Ыһыах сандалыта» саха национальнай аһын-үөлүн бэстибээлэ буолуоҕа. Дьокуускайдааҕы мэрия иһитиннэрэринэн, бэстибээл алгыс сиэрин-туомун ыытыытыттан саҕаланыаҕа, ол кэннэ ыалдьыттары саха чэй сиэрин-туомун тэрээһинигэр күүтүөхтэрэ. Ол иһинэн «Ытыйардаах мааны» диэн күөрчэх астыырга ураты куонкурус ыытыллыаҕа.
«Ытыйардаах мааны» күрэххэ 10 мүнүүтэ устата кыттааччылар күөрчэх ытыйыахтара. Дьүүллүүр сүбэ бириэмэтин, амтанын уонна хаачыстыбататын сыаналыаҕа. Кыттааччыларга кытыйа, сүөгэй, отон уонна ытык бэриллэр.
Гастро-бэстибээли Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Урбаан, атыы-эргиэн ырыынага уонна туризмы сайыннарыы департамена, ресторатордар уонна Саха сирин ыалдьытымсах Ассоциацията тэрийэллэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: