Уус Өлөөҥҥө үрүҥ эһэ ыалдьыттаата

Share

Эһэ дьону кытта көрсүүтэ элбиир. Бэс ыйын 26 күнүгэр Булуҥ улууһун Уус Өлөөн нэһилиэгэр үрүҥ эһэ киирдэ.

Хаартысканы уонна видеону «Маяк Арктики» хаһыат ТГ-ханаалыгар таһаарда. Түмэти нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Елизавета Петрова этэринэн, бары сэрэтэр дьаһаллар  ылыллыбыттар уонна Булуҥ улууһун айылҕа харыстабылын инспекциятын үлэһиттэригэр биллэрбиттэр.

Уус Өлөөҥҥө үрүҥ эһэ ыалдьыттыыра бастакы түгэн буолбатах. Былырыын олунньу ыйыгар үрүҥ эһэ бу нэһилиэккэ эмиэ киирэ сылдьыбыта биллэр.

Билигин Аан дойду үрдүнэн 27 тыһыынча үрүҥ эһэ  баар диэн ааҕыллар. Арассыыйа, Канада, АХШ, Норвегия уонна Гренландия сиригэр 19 субпопуляция ууһаан-үөскээн сылдьар. Арассыыйаҕа түөрт популяцияны араараллар: Баренцев муоратын, Карскай муора, Лаптевтар муораларын  уонна Чукотка-Аляска популяциялара.

Саха сиригэр Лаптевтар муораларын кытылыгар үөскүүр популяция ахсаанын быһа холоон 800-1200 төбө диэн суоттууллар. Дьиҥэр, бу сыыппаралар сабаҕалааһын кэриэтэ чахчылар – биир­диилээн ааҕыы ханнык да дойдуга ыытылла илик, тас сибикилэринэн, көстүбүт кыыл ахсааныгар олоҕуран суоттаан таһаарыылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

2 часа ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

3 часа ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

5 часов ago