Салгыы
«Дыгын оонньуулара»: Бастакы күн бастыҥ мадьынылара билиннилэр

«Дыгын оонньуулара»: Бастакы күн бастыҥ мадьынылара билиннилэр

Ааптар:
30.06.2024, 12:07
Хаартыска: Ольга Окоемова
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, бэс ыйын 29 күнүгэр, Туймаада ыһыаҕар «Дыгын оонньуулара» аһыллыыта буолла.

Успуорду сэҥээрэр, норуот кутун туппут, бары таптыыр, кэтэһэр “Дыгын оонньууларыгар” Саха сирин араас улуустарыттан 12 мадьынылар киирсэллэр.

Бастакы күн боотурдар «Үс төгүл үс» ыстаҥаҕа кииристилэр. Бу успуорт көрүҥэр бастыҥ көрдөрүүлэри ситистилэр:

I. Яков Дмитриев, Кэбээйи  — 35,97;

II. Николай Обоев, Ньурба — 34,85;

III. Алексей Уваровскай, Кэбээйи — 33,99.

Салгыы мадьынылар «Тутум эргиир» успуорт көрүҥэр күрэхтэстилэр. Бу көрүҥҥэ бастыҥ боотурдарынан буоллулар:

I. Артем Дьяконов, Кэбээйи — 66;

II. Алексей Соколов, Сунтаар — 64;

III. Айсен Ботуев, Үөһээ Бүлүү — 61.

«Дыгын оонньуулара» күрэхтэһии бастакы күнэ мас тардыһыытынан түмүктэннэ. Мас тардыһыытыгар бастыҥнарынан ааттаннылар:

I. Дьулустан Ноговицын, Горнай;

II. Борис Сдвижков, Амма;

III. Павел Друзьянов, Чурапчы.

Ити курдук, бастакы күн “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһии түмүк көрдөрүүлэринэн Артем Дьяконов, Борис Сдвижков уонна Яков Дмитриев инники таҕыстылар. Бүгүн боотурдар оҕунан ытыыга, хапсаҕайга, 400 миэтэрэ сүүрүүгэ уонна таас көтөҕөн хаамыыга киирсиэхтэрэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: